Хаар доҕотторум (фантастическай кэпсээн)

Оҕолоор, эһиги хаары сөбүлүүгүт? Хал буоллугут дуу күннэтэ көрөҥҥүт?

Сороххут өссө сүрэҕэлдьээн эрдэҕэ хаар күрдьэртэн, хаар халыҥ былыта сырдык күммүтүн сабардаан санаабытын түһэрэриттэн… Сорохтор, баҕар, күнү быһа «былыт баттаан» утуктуу, сылайа сылдьаргыт да буолуо.

Мин эмиэ былырыыҥҥа диэри олох абааһы көрөрүм хаары. Тыбыс-тымныы, элбиих-элбэх хаар халлаантан түс да түс! Тиэргэн хаарын күрт да күрт! Кимиэхэ наадалаах, туохха туһалаах хаар эбитэ буолла?! Африкаҕа да олорор буолбаппын ээ, хаара суох сиргэ… Ол санаам төрдүттэн уларыйбыта биир аптаах күн.

«Чаҕыл, Чаҕыл, тур, аһаан баран маскын кыстаар, тиэргэҥҥин күрдьээр», — ийэм саҥатыттан уһукта биэрбитим. Өрөбүлгэ баҕас ороммор өр таалалыахтаах киһи, ойон туран, түннүгүнэн көрбүтүм – сир-халлаан көстүбэт гына хаар түһэн үллүктүү турар эбит. Хаарга абара саныы-саныы, аһаат, бобо таҥнан, таһырдьа таҕыстым. Бастаан маспын салаасканан соһон күүлэбэр кыстаатым. Һуу, аны сынньана түһээт, хаар күрдьүөм. Хаар кыырпахтара соммор, бэргэһэбэр, үтүлүкпэр, сирэйбэр түһэллэр. Бу хаар диэн хантан кэлэрэ буолуой? Хантайан халлааны көрөбүн, хаары ким ыһарын көрөөрү. Харахпын да кыайан астарбат, ыга симэн туран халлааҥҥа сутурукпун көрдөрөбүн.

Умса түһэн, үтүлүкпэр түспүт кыырпахтары кыҥастастым. Дьикти. Бары атын-атын ойуулаахтар. Араас быһыылаах хаар кыырпахтара түһэллэр, ууллаллар. Мин сөҕөн көрөн турдум.

Арай биир дьикти оһуордаах улахан хаар кыырпаҕа түстэ, тырым гынна да, Хаар кыыска кубулуйда. Иккис, өссө улахан кыырпах кэлэн түстэ да, будулус гынаат, Буурҕа уол буола оҕуста. Мин айахпын аппытынан, харахпын быччаччы көрбүтүнэн, саҥарар да кыаҕа суох туран хааллым.

— Чаҕыл, эн хаары сөбүлээбэт үһүгүн дии?— Хаар кыыс лыҥкынас куолаһынан ыйытта. Мин ааппын билэриттэн өссө эбии соһуйан таалан турдум.

— Биһиги эйиэхэ хаар дьоҥҥо туһатын көрдөрө кэллибит,— Буурҕа уол саҥарбытыгар сытыы тыал сирэйбэр сирилэччи үрдэ. – Хаар доҕотторбутун кытта билиһиннэриэхпит, ыллыахпыт-үҥкүүлүөхпүт.

— Ээй, хаар доҕотторбут, кэлиҥ, кырачаан Чаҕыл уолга көмөлөһүөҕүҥ!— Хаарчаана муус чуораан лыҥкыныырын курдук куолаһынан доҕотторун ыҥырда. Онуоха муус-маҥан таҥастаах кэрэчээн кыргыттар, уолаттар баар буола түстүлэр, дьиктиргээбиттии миигин тула көттүлэр.

— Мин түүнүн кэлэн үҥкүүлүүр Кыраһабын ,— диэтэ күлэ-күлэ кыра кыыс.

— Мин халыҥ хаар анныгар көмүс курдук саһа сытар Көмүрүөбүн, — уһун хатыҥыр кыыс саҥарда.

— Оттон мин күннэтэ кэлэ-бара оҕолор тэпсэн-тэпсэн кытаатыннарбыт Чигди уолларабын, — диэт, улахан уол кытаанах илиитинэн ытыспын ыга тутта.

— Миигин күн аайы күрдьэн-күрдьэн улаатыннарбыккар махтанабын, Чаҕыл, эн сүрэхтээх уолгун! Мин Күрдьүк уолбун,— саамай уһун, киппэ уоллара үөһэттэн көрөн туран, түргэн-түргэнник саҥаран кулугуратта.

— Мин уруһуйдьут Кырыабын, — саамай кэрэчээн кыыстара сэмэйдик мичээрдээтэ.

— Мин Хаһыҥчааммын, — диэтэ намчы да намчы кыыс.

«Хаардар эмиэ биһиги курдук тус-туспа ааттаахтар эбит дуу?!» — диэн испэр соһуйа саныыбын.

— Эһиги хантан кэлэҕит? Ханна олороҕут? – мин дьэ өйдөнөн, куруутун испэр саныыр санаабын ыган таһааран ыйыттым.

— Дьэ эрэ, үлэлээн көрдөрүөҕүҥ эрэ Чаҕылга! Хаар туһата элбэх, – Хаар кыыс соруйда. Дьэ саҕаланна ээ, ырыа-үҥкүү аргыстаах үлэ!

«Хаар! Хаар!
Хара тыаҕа, кыылларга
Халыҥ хахха буолабыт!
Хаар! Хаар!
Саха дьонун сүрэҕин
Сылааһынан угуттуубут!» — диэн ыллыы-ыллыы, хаар оҕолор кыылларга уйа оҥордулар, мастары , дьиэлэри хаарынан саба үллүйдүлэр, түннүктэргэ оһуор ойуу түһэрдилэр.

Ити барыта чыпчылыйыах түгэнэ буолла. Харахпын симэн ыллым, аспытым – ким да суох. Тиэргэним ып-ыраас гына күрдьүллүбүт. Арай үтүлүкпэр сыппыт улахан хаар кыырпахтара тырымнаат, ууллан хааллылар.

Онтон ыла мин хаары көрдөхпүнэ аны үөрэбин, испэр сылаас, сымнаҕас иэйии уһуктар. Сахам сирин хаара, күндүгүн даҕаны! Хаар аан бастаан биһиэхэ, сахаларга, кыһын саҕаланар сиригэр, кэлэр эбит! Түннүктэртэн миэхэ уруһуйдьут Кырыа кыыс мичээрдиир, хаар күртэҕим аайы Күрдьүк уол улаатан бухатыыр буолан иһэр, сарсыарда кирилиэспиттэн Кыраһа түүн үҥкүүлээн ыспыт хаарын үөрэ-көтө сиппийэбин. Уонна Буурҕа уоллуун, Хаар кыыстыын сиэттиһэн оскуолабар сүүрэбин.

Сахам сирин хаарын таптыыбын, ахтабын, саас уулуннаҕына, тулуйбакка күүтэбин. Оҕолоор, эһиги эмиэ таптааҥ хаар доҕотторбутун!

-->