Сахам тыла

Былыргы үйэлэр быыстарын
Сэгэтэ арыйар курдукпун
Байҕаллыы муҥурун биллэрбэт
Олоҥхо аар тылын аахтарбын.

Харахха көстүбэт нарын кыл –
Уйулҕам уостубат утаҕа
Дьырылыыр, дырылыыр, ыллыыр
Лирика чараҥар киирдэрбин.

Санаалыын, Сүрэхтиин сиэттиһэн
Сүпсүктээх олохтон тэйэбин
Сахалыы сиэдэрэй тыллардаах
Айымньы ааннарын астарбын.

Иһирэх иэйиинэн тиһиллэр
Бу маннык ураты дойдуга
Сиэтэҥҥин киллэрэр эбиккин –
Сахабыт баай тыла барахсан!

Хаар абылаҥа

Хотугу дойдубут киэргэлэ –
Маҥан хаар, дьиктигин даҕаны!
Ырааһы, Кэрэни саната
Ыллыыгын ыралаах ырыаҕын.

Буурҕа-уол буолаҥҥын силлиэрэн,
Кыргыттар куттарын тутаҕын,
Хаарчаана үҥкүүтүн түһэрэн,
Уол оҕо тапталын ылаҕын.

Түбүктээх олохтоох сир дьонун
Сылайбыт сүрэҕин эмтиигин,
Сымнаҕыыс-сымнаҕас иэйиини
Салпакка саҕаҕын күн ахсын.

Ымыылаах ырыаҕын ылынан,
Ыллаатын сүрэхпит ылаара!

Yлэлэр эбилиннилэр

Сайтка мин «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону ийэ тылынан иитии суолтата» уонна «Формирование ключевых компетенций обучающихся в проектной деятельности» диэн научнай-методическай ыстатыйаларым, «Разработка интеллектуальных компьютерных игр для электронной интерактивной доски на уроках якутского языка и литературы» диэн дакылаатым эбилиннилэр.

Үтүө күнүнэн, аан дойду!

Бүгүн күүтүүлээх сайтым ситэн-хотон бэйэтин үлэтин саҕалаата. Кини ис хоhооно эhиэхэ кэрэхсэбиллээх буолуо диэн эрэнэ хаалабын. Кэлэр кэмҥэ сайтка саҥа материал эбиллэн өссө сайда туруоҕа.