Икки саҥа кэпсээн эбилиннэ
Сайтка«Айымньыларым» разделга мин «Хаар доҕотторум» уонна «Айымньы дойдута» диэн кэпсээннэрим эбилиннилэр.
Сайтка«Айымньыларым» разделга мин «Хаар доҕотторум» уонна «Айымньы дойдута» диэн кэпсээннэрим эбилиннилэр.
Дьиэҕэ үлэбин ааҕарбыттан сүрэҕэлдьиибин даҕаны! Кинигэни көрө-көрө саллабын. Эчи халыҥыын! Ол кэриэтэ телевизорга, компьютерга бэлэми көрүөм этэ. Ол да буоллар, учууталым кытаанахтык эппитин санаат, кинигэбин арыйдым. Ааҕан иһэн, куолубунан, нуктаан бардым…
Арай, доҕоттоор, мин Кинигэм иһигэр киирэн хаалбыппын! Киэҥ да киэҥ Айымньы алааһыгар сылдьар эбиппин!. Уҥа диэки – Хоһоон хонуута, хаҥас диэки – Олоҥхо дойдута, илин диэки – Остуоруйа дьиэтэ, арҕаа диэки – Кэпсээн кэриитэ. Бачча кэлэн баран, барыларын кэрийэн көрүөхпүн баҕардым.
Салгыы ааҕар туһугар айымньы баһын баттаа.
Оҕолоор, эһиги хаары сөбүлүүгүт? Хал буоллугут дуу күннэтэ көрөҥҥүт?
Сороххут өссө сүрэҕэлдьээн эрдэҕэ хаар күрдьэртэн, хаар халыҥ былыта сырдык күммүтүн сабардаан санаабытын түһэрэриттэн… Сорохтор, баҕар, күнү быһа «былыт баттаан» утуктуу, сылайа сылдьаргыт да буолуо.
Мин эмиэ былырыыҥҥа диэри олох абааһы көрөрүм хаары. Тыбыс-тымныы, элбиих-элбэх хаар халлаантан түс да түс! Тиэргэн хаарын күрт да күрт! Кимиэхэ наадалаах, туохха туһалаах хаар эбитэ буолла?! Африкаҕа да олорор буолбаппын ээ, хаара суох сиргэ… Ол санаам төрдүттэн уларыйбыта биир аптаах күн.
Салгыы ааҕар туһугар айымньы баһын баттаа.
Сайтка «Үлэлэрим» диэн разделга саха тылыгар уонна нуучча тылыгар алын кылаастарга аналлаах интегрированнай олимпиада сорудахтарын киллэрдим.
Алын кылаастарга аналлаах интегрированнай тургутук (саха, нуучча тыллара).
Сайтка «Үлэлэрим» разделга Суотту орто оскуолатын 8-с «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ 2012 сылга «Уран тыл умсулҕана» куруһуокпар дьарыктанан таһаарбыт «АхсыStar» диэн сурунааллара эбилиннэ.
Суотту орто оскуолатын 8-с «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ 2012 сыл кэрэ-бэлиэ түгэннэрин ахтар ыстатыйалардаах бастакы сурунааллара.
Төрөөбүт тыл — киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта -сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар, дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ. Норуот тыына-дьылҕата, киһи аймах культуратыгар киллэрэр кылаата төрөөбүт тылыгар иҥэн сылдьар…
В материалах модернизации образования провозглашается компетентностный подход как одно из важных концептуальных положений обновления содержания образования. Позитивное содержание компетентностей можно рассматривать как социальный заказ современного российского образования…
В настоящее время, когда новые технологии прочно вошли в повседневную жизнь и массово определяют сознание молодого поколения, особое значение принимают поиски новых форм преподнесения материала на школьных уроках…