Бу страницаҕа эһиги электроннай интерактивнай дуоскаҕа анаан оноһуллубут өй оонньууларыгар интернет нөҥүө боруобалаан оонньоон көрүөххүтүн сөп. Компьютергыт төһөнөн улахан экраннаах даҕаны, соччонон оонньуурга табыгастаах буолуо.
Компьютерга биитэр интерактивнай дуоскаҕа оонньуур буоллаххытына билигин тута F11 клавиша баттаан оонньуу хонуутун бүтүн экраҥҥа диэри улаатыннарыҥ.
1) «ДЬИКТИ ХОНУУ» («ПОЛЕ ЧУДЕС»)
Оонньууга үстэн тоҕуска диэри киһи кыттыан сөп. Экраҥҥа тахсар ыйыылары уонна сүбэлэри батыһан сөптөөх дьайыыны оҥорон иһиҥ.
2) «КИМ МИЛЛИОНЕР БУОЛУОН БАҔАРАРЫЙ?» («КТО ХОЧЕТ СТАТЬ МИЛЛИОНЕРОМ?»)
Бу оонньууга соҕотох киһи ирдэнэр. Оонньуу быраабылалара аатырбыт телевизор шоутун сиэрин кытта сөп түбэһэллэр.
Оонньууга ыытааччы (учуутал) уонна үс кыттааччы ирдэнэр. Ыытааччы оонньуу боппуруостарыгар сөптөөх эппиэттэри эрдэттэн хайаан да билэр буолуохтаах. Кини экраҥҥа тахсар боппуруостары ааҕан баран кыттааччылартан ким сөпкө эппиэттээбитин компьютерга ыйан иһиэхтээх. Оонньуу бүтүүтүгэр элбэх баалы хомуйбут кыттааччы кыайыылааҕынан тахсар.