30.07.2017

Олоҕум кэпсээнэ

Мин 1967 сыллаахха солко оттоох Суотту сиригэр эдэр ыал Мария, Роман Ядрихинскайдарга иккис оҕонон күүтүүлээх күндү кыыс оҕо буолан күн сирин көрбүтүм. Төрөппүттэрим, эһэм, эбэлэрим сылаас тапталларыгар бигэнэн, Намынан, Уус-Алданынан оскуола иннинээҕи дьоллоох оҕо сааһым ааспыта.

1974 сыллаахха Суотту алын сүһүөх оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Учууталбын, Пермякова Августина Гаврильевнаны, ыаллыы олорор буоламмын, чугастык билэр этим. Онон олох толлубакка, тута ылсан үөрэнэн барбытым. Үөрэнэрбин сөбүлүүр этим, элбэх кинигэни ааҕан, кылаас олоҕор кыттан, оскуола дьикти, умсугутар эйгэтигэр киирэн хаалбытым. Аны оҕолору кытта тапсар, салайар буоламмын, наар староста, командир оҥороллоро. Учууталбыт бэйэбититтэн эрэ өндөс, кып-кыра уҥуохтаах, намыын саҥалаах, сымнаҕас майгылаах этэ. Ол да иһин буоллаҕа, оннооҕор киинэ көрө диэн 5-тии солкуобайы көрдөөн ылан, кулуупка барарбыт. Кыра кылаастарга детсад эҥин биир халыып бэрээдэгин сөбүлээбэт, көҥүлү таптыыр майгылаах, наһаа сытыы, мэник кыыс этим. Ону учууталым буойбат, бэрээдэктии сатаабат, хата наар айар-фантазиялыыр, ааҕар-суруйар, ыллыыр дьоҕурбун сайыннара сатыырын билигин күндүтүк махтана саныыбын.

Кылааһым оҕолорун олус сөбүлээбитим, оскуолатааҕы бастакы саамай истиҥ дьүөгэлэрим Вера Васильева, Аня Винокурова, Маша Портнягина, күннэтэ оскуолаҕа бииргэ барар аргыһым Заровняев Вася этилэр. Кэлин атын оскуолалартан оҕолор кэлитэлээн, отучча оҕолоох быр-бааччы кылаас буола түспүппүт. Соҕуруу дэриэбинэ оҕолоро Катя, Вика Борисовалар кэлиэхтэриттэн, өссө көхтөөх буола түспүппүт, бииргэ оонньоон-көрүлээн, сайынын лааҕырга, теплицаҕа үлэлээн, куруутун бииргэ сылдьарбыт. Ити курдук доҕоттор-дьүөгэлэр эбиллэн испиттэрэ: 5-6 кылааска чаҕылхайдык үөрэнэн, кылаас олоҕор кыттан ааспыт Саргы Свешникованы, бастыҥ математик кыыспыт Мотя Заровняеваны кытта доҕордуу буолбуппут.

Учууталлартан сөбүлүүрүм гуманитарнай предмети үөрэтэр саха тылын учуутала Раиса Реасовна Кулаковскаяны, улуу нуучча тылыгар уһуйбут Клара Николаевна Троеваны, английскай тыл учуутала Елена Николаевна Павлованы, историяҕа интэриэһи иҥэрбит Николай Николаевич Тарскайы, эт-хаан өттүнэн эрчийбит физкультура учуутала Николай Семёнович Андросовы, музыка кэрэ абылаҥар киллэрбит Надежда Васильевна, Виктор Николаевич Кирсалары.

Активнай позициялаах буоламмын, оскуолатааҕы олоҕум күөстүү оргуйара: пионерскай дружина председателэ, маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ секретара, музыкальнай оскуола хоровой кылааһын үөрэнээччитэ о. д. а. Сбордар, мунньахтар, концердар, фестиваллар, олимпиадалар тиһигин быспакка ыытыллаллара. Нуучча тылыгар, литературатыгар улууска 1-2 миэстэҕэ сылдьарым, онно учууталым Клара Николаевна үтүөлээх. Саамай үрдүк ситиһиибинэн этнографияҕа дакылаат ааҕан, улууска, илин эҥэргэ бастаабыппын, туйгун үөрэҕим иһин «Володя Ульянов дневнигэр» киирбиппин, улууска «Вей, ветерок!» вокальнай триобут лауреат аатын ылыытын, оскуоланы бүтэрэр сылбар поэт С. С. Васильев-Борогонскай аатынан бириэмийэ лауреатын аатын инэрбиттэрин.

Оттон оҕо сааһым умнуллубат үөрүүлээх түгэнинэн «По ленинским местам» Москва -Ульяновск — Тольятти — Димитровград маршрутунан кылааһынан экскурсияҕа сылдьыыбытын, Опера уонна Балет театрыгар «Баядерка» балеты сөҕө-махтайа көрүүбүтүн. Манна махтал мааны тылларын 4 кылаастан саҕалаан олох киэҥ аартыгар киллэрбит, арыаллаабыт кылааһым салайааччытыгар Раиса Реасовнаҕа аныыбын.

Оскуола кэнниттэн СГУ саха салаатын үөрэнэн бүтэрэн, күн бүгүнүгэр диэри тапталлаах оскуолабар саха тылын, литературатын учууталынан үлэлии сылдьабын.

Билигин мин — бэйэм учууталбын. Тапталлаах оскуолабар бастаан үөрэнээччи этим, онтон үөрэтээччи буоллум. Дьикти иэйии! Үөрэппит учууталларбар мин билигин да пионерка, комсомолка Ирабын, оттон үөрэтэр оҕолорбор саха барҕа баай тылыгар уһуйааччы Ирина Романовнабын. Оскуоланы бүтэрбитим 33 сыл буолла, учууталлаабытым 27 сылын туолла. Урукку уонна билиҥҥи кэм сыаннастарын тэҥнии тутан, кэрэхсээбит ньымаларбын талан ылан, киһини иитии уустук ымпыгын-чымпыгын күннэтэ баһылыы сатыыбын. Хаһан да кырдьыбат оҕо саас дьоллоох туонатыгар, оҕону кытта оҕо буолан, тэҥҥэ үүнэбин-сайдабын. Оҕо аан дойдуну анаарар амарах хараҕа, эдэр киһи эҥин-эгэлгэ ыйытыылара олоҕу күн аайы саҥалыы, сонуннук көрөргө угуйаллар. Ыччаты кытта үлэм сыаналанан, «Саха Республикатын Үөрэҕириитин туйгуна», «2009 сыл бастыҥ учуутала» РФ Президенин ПНПО Гранын, «Уус-Алдан улууһун культуратын, уерэ5ин, профсоюзнай хамсааьынын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэринэн наҕараадаламмытым.

Кэргэним — Татаринов Иннокентий Сергеевич, «Саханефтегазсбыт» ОАО тракториьа, СР транспорын Бочуоттаах улэьитэ. Олохпутун салгыыр 3 уоллаахпыт. Улаханым айар-суруйар дьоҕурдаах Дьулустаан Иванов оскуоланы, үрдүк үөрэҕи кыһыл мэтээллээх, дипломнаах бүтэрбит программист идэлээх, Санкт-Петербург куоракка үлэлиир. Иккис уолум Ким Татаринов — СВФУ историческай факультетын студена, «Куйаар» ВИА соло-гитариһа, солиһа. Кыра уолум Кеша Татаринов — 11 кылаас уерэнээччитэ.

Барыгытын Дьол, Таптал, Ситиһии эрэ арыаллаатын, хомолто, ыарыы курус тыаллара эһигини тумнан аастыннар!