Дьиэҕэ үлэбин ааҕарбыттан сүрэҕэлдьиибин даҕаны! Кинигэни көрө-көрө саллабын. Эчи халыҥыын! Ол кэриэтэ телевизорга, компьютерга бэлэми көрүөм этэ. Ол да буоллар, учууталым кытаанахтык эппитин санаат, кинигэбин арыйдым. Ааҕан иһэн, куолубунан, нуктаан бардым…
Арай, доҕоттоор, мин Кинигэм иһигэр киирэн хаалбыппын! Киэҥ да киэҥ Айымньы алааһыгар сылдьар эбиппин!. Уҥа диэки – Хоһоон хонуута, хаҥас диэки – Олоҥхо дойдута, илин диэки – Остуоруйа дьиэтэ, арҕаа диэки – Кэпсээн кэриитэ. Бачча кэлэн баран, барыларын кэрийэн көрүөхпүн баҕардым.
Саамай сөбүлүүр сирбэр – Остуоруйа дьиэтигэр көтөн түстүм. Аптаах-алыптаах дойду диэн манна баар эбит: саҥарар кыыллар, көтө сылдьар дьиэлэр, баҕа санааны толорор кыһыл көмүс балыкчаан, ас-үөл аллар аптаах тааһа… Дьэ эрэ, баҕа санаам туолар буолла диэн үөрэн эрдэхпинэ, ситэ аахпатах остуоруйам дьоно кэлэн оҥой-соҥой көрдүлэр: Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһын кытта көрсө илик үһү, Күөрэгэй бөрөттөн куотан маска ыттан баран түспэккэ олорор эбит, оттон көтөрдөр итии дойду көрдөтө ыыппыт Хахханнара хаһан кэлэрин кэтэһэн тоҥон өлөөрү гыммыттар. Онно барытыгар буруйдаах – мин үһүбүн! Сүрэҕэлдьээн ситэ аахпакка, остуоруйа дьоруойдарын эрэйгэ тэппит эбиппин! Кыбыстан, ааҕыах буолан ботугураат, Хоһоон хонуутугар куоттум.
Һуу! Манна баҕас буруйум суох ини, хоһоон ааҕарбын сөбүлүүбүн. Ол да иһин, үөрэ-көтө көрүстүлэр ыллыы турар мырааннар, үҥкүүлүүр мастар, мичээрдиир күн, арылы кустук, сөтүөлэтэн, аһатан, атаахтатан, оонньотон ыыттылар.
Салгыы Олоҥхо дойдутугар тиийдим. Дьэ, доҕоор, үс дойдунан тэлэһийэ көттүм да, барыта буккуллан хаалбыт. Үс дойду дьоно, Айыы да, Абааһы да бухатыырдара ким кими көмүскүөхтээҕэ биллибэт буола ыһыллан, өйдөспөккө, миигин олоҥхону сиһилии ааҕан, өйдөөн, орун-оннуларын булларыахтаахпын этэн, өссө сэмэлээн ыыттылар.
Кэпсээн кэриитигэр киирбитим – кэри-куру дойду эбит! Биир да кэпсээни аахпатаҕым дьэ ити баар! Арай үөрэниэн олус баҕарар Ньукуус уол собус-соҕотоҕун олорор эбит, көмөрүнэн суруйан үөрэнэ сатаахтыыр. «Оо, мин эн курдук элбэх кинигэлээҕим, тэтэрээттээҕим буоллар ньии! Үөрэниэм да үөрэниэм, ааҕыам да ааҕыам этэ!»- диэбитигэр, кыбыстан, мух-мах буоллум, эмиэ куотар аакка бардым. Айымньы алааһыттан куотан сүүрэн маҕыйдым, мастан иҥнэн, умса баран түстүм.
Уһуктан кэлбитим – утуктаан олоппоспуттан сууллан түспүппүн. Аттыбар аһыллыбыт кинигэм сытар. Мин кинигэбин сиртэн ылаат, ыга куустум.
Онтон ыла Кинигэлиин арахсыбаппыт. Оттон кини дьоруойдара – мин чугас доҕотторум. Айымньы алааһыгар иккистээн ыалдьыттыырбын күүтэбин. Бу сырыыга онно үөрэ-көтө көрсөллөрүгэр саарбахтаабаппын.