АЛАМАЙ КҮН СЫРДЫГЫНАН! ЭҺИГИ ЯДРИХИНСКАЯ ИРИНА РОМАНОВНА САЙТЫГАР КИИРДИГИТ

ҮЛЭМ СЫАЛЛАРА-СОРУКТАРА

Мин саха тылын уонна литературатын учууталын быһыытынан идэбинэн сайдыым хайысхалара

ҮӨРЭНЭЭЧЧИ ДЬОҔУРУН САЙЫННАРЫЫ

Ханнык баҕарар учуутал маҥнайгы миэстэҕэ турар соруга үөрэнээччигэ көннөрү билиини эрэ биэрбэккэ, кини тус дьоҕурдарын чуо көрөн арыйыы буолар.

АНЫГЫ ТЕХНОЛОГИЯЛАРЫ ТУҺАНЫЫ

XXI үйэ үгэннээн турар кэмигэр учуутал олох хаамыытыттан хаалсыбакка саҥа технологиялар биэрэр модун кыахтарын бэйэтин үлэтигэр киллэрэ сатыахтаах.

ОБЩЕСТВЕННАЙ ОЛОХХО КӨХТӨӨХТҮК КЫТТЫЫ

Үлэтин иэһинэн дьон-сэргэ ортотугар сылдьар учуутал тулалыыр эйгэ сайдыытыттан туора туран хаалбакка бэйэтин кыаҕынан общество олоҕор кыттыыны ылара сөп.

АЙАР ҮЛЭ АБЫЛАҤНААХ ЭЙГЭТЭ

Киһи бу аан дойдуга айа-оҥоро кэлбит дииллэрэ кырдьык эбит буоллаҕына, айар иэйии аҕалар үөрүүтүттэн маппакка айылҕа бэлэхтээбит бэйэ талааннарын сайыннаран иһиэххэ.

Электроннай интерактивнай дуоскаҕа аналлаах
сахалыы өй оонньуулара

МИН ТУСПУНАН КЫЛГАСТЫК

Учуутал — эдэр киһи дууһатын уотун күөртээччи, сырдык хоту сирдээччи

Саха Государственнай университетын филологическай факультетын саха тылын уонна литературатын салаатын 1990 сыллаахха бүтэрээт, идэбинэн үлэбин саҕалаабытым. Элбэх сыл устата Уус-Алдан улууһугар Суотту орто оскуолатыгар учууталлыыбын. «Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ интегрированнай уруоктары ыытыы көдьүүһэ» уонна «Воспитательный потенциал урока» диэн темаларынан үлэлэри, ыстатыйалары суруйабын, аһаҕас уруоктары, литературный салоннары ыытабын, улуус уонна республика таһыманаах семинардарга кыттабын. Уруоктарбар психологическай наукалар кандидаттара А. А. Ярулов «Сатабыл» диэн биирдэм хайысхалаах үөрэтии методикатын туһанабын. Кылаас таһынааҕы иитэр үлэ5э сүрүннээн Г. К. Селевко оҕолор дьоҕурдарын сайыннарарар методикатын туттабын. Нэһилиэгим олоҕор үгүс концердарга, айар киэһэлэргэ уонна да атын мероприятиеларга сценарист, конферансье быһыытынан кыттыыны ылабын, иллэҥ кэммэр литературнай, музыкальнай айар үлэнэн дьарыктанабын.

СҮРҮН САНААЛАРЫМ

... быһа тардан эттэххэ

ОЛОХ ЭРИЭККЭС ТҮГЭННЭРЭ — ХААРТЫСКА НЬУУРУГАР

ТИҺЭХ СОНУННАР

ТӨТТӨРҮ СИТИМ

Баhаалыста, миэхэ бэйэҕит толкуйгутун, бэлиэтээhиннэргитин уо. д. а. суруйуҥ